🎖🌟🎞Ол 60-70 сыл анараа өттүнээҕи история кэрдиис кэмнэрин билигин ахсааннаах хаалбыт бэтэрээннэр, саһарбыт хаартыскалар эрэ кэпсиир кыахтаахтар. Биир кадрга үйэтитиллэн хаалбыт түгэҥҥэ төһөлөөх дьон олохторо кэм кэрэһитэ буолан тохтоон хаалбыттара буолуой? Хас биирдии киһиэхэ, ыалга, нэһилиэккэ сүдү суолталаах, оччотооҕу олох эйгэтин көрдөрөр хаартыскалар бааллар бөҕө буоллаҕа. Бүгүҥҥү харах уулаах ытык бырааһынньыгы көрсө Амма улууһун олохтоохторугар олус күндү хаартыскалары бииргэ түмэн ааҕааччыларбыт болҕомтолоругар таһаарарга сананныбыт.
Comments